Автор работы: Пользователь скрыл имя, 24 Декабря 2013 в 14:15, реферат
ПЛАТОН АЛЕКСЕЕВИЧ СЛЕПЦОВ – ОЙУУНУСКАЙ (1893-1939) Саха советскай литературатын торуттээччи, поэт, прозаик, драматург, ученай – филолог, Саха сирин автономиятын торуттэспит биллиилээх общественнай, политическай деятель. 1893 сыллаахха сэтинньи 10 кунугэр Таатта оройуонун Ш Дьохсо5он нэhилиэгэр уорэ5э суох дьаданы бааhынай ыалыгар торообутэ.
14 сааhыгар оскуола5а киирбитэ, ол кэннэ уорэ5ин Дьокуускай куораттаа5ы учительскай семинария5а сал5аабыта. Уорэ5ин кэмин туhунан Ойуунускай кэлин «О5о куйуурдуу турара» диэн киhи харааста аа5ар кыракый кэпсээнигэр суруйбута.
1.Биография Платона Алексеевича Слепцова (Ойуунуского)
2.Его произведение
3.Краткое содержание о его заслуги
Содержание:
1.Биография Платона Алексеевича Слепцова (Ойуунуского)
2.Его произведение
3.Краткое содержание о его заслуги
ПЛАТОН АЛЕКСЕЕВИЧ СЛЕПЦОВ – ОЙУУНУСКАЙ (1893-1939) Саха советскай литературатын торуттээччи, поэт, прозаик, драматург, ученай – филолог, Саха сирин автономиятын торуттэспит биллиилээх общественнай, политическай деятель. 1893 сыллаахха сэтинньи 10 кунугэр Таатта оройуонун Ш Дьохсо5он нэhилиэгэр уорэ5э суох дьаданы бааhынай ыалыгар торообутэ.
14 сааhыгар оскуола5а киирбитэ, ол кэннэ уорэ5ин Дьокуускай куораттаа5ы учительскай семинария5а сал5аабыта. Уорэ5ин кэмин туhунан Ойуунускай кэлин «О5о куйуурдуу турара» диэн киhи харааста аа5ар кыракый кэпсээнигэр суруйбута. Кини бэл, бастын уорэнээччи буолан, Дьокуускайга уорэххэ киирэн да баран, сити сортон –мунтан быыhаммата5а. 1915 сыллаахха учительскай семинария5а киирэн 14 солкуобай хааЬына стипендиятын ылыа5ыттан киhилии олорбута. Баай уонна дьаданы диэн кимнээхтэрин, байдар харана улэhит дьону суурдээн сиэн олороллорун
Платон Ойуунускай бэрт эрдэ ойдообутэ. Дьокуускай куорат уорэнээччилэрин бастакы литературнай боло5о «Юность» диэн илииннэн суруллар сурунаалы таhаара сылдьыбыт. Ол сурунаал 1914 сыллаахха 5-с нуомэригэр Платон «Слово о жизни демократов и аристократов» диэн ыстатыйаны нууччалыы суруйбута. -2- О5отук Ойуунускай уорэх – сайды диэни билбэккэ, харана5а хаайтаран, ыар баттал анныгар тэпсиллэр, улэhит – хамначчыт кыра – дьаданы бар – дьонун бук эр – дьэбэр умнаhыт олохтон хайдах
быыhыахха собуй диэн, сана бо5о5о туhэн, мунчаара сылдьар кэмигэр сыылка5а кэлбит нуучча революционердарын кытта корсуhэр. Кинилэр кистэлэн куруhуоктарыгар киирэн, Маркс уорэ5ин кытта билсиhэр. Дьэ манна Платон улэhит – хамначчыт дьон «байдар уонна уорэхтээхтэр аhыныыларынан» буолбакка, колоhуннээччилэр тутулларын сууларан, бэйэтин былааhын туругурдан эрэ дьоллоох олоххо тиийэр кыахтаах эбит диэн санаа5а кэлэр. Онон 1917 сыллаахха социализм идеяларын оуйнэн – сурэ5инэн ылынан корсор. Эhиилигэр Коммунистическай партия5а киирэр… Ойуунускай литература бары жанрдарыгар – поэзия5а, проза5а, драматургия5а, критика5а, литературоведения5а – суруйбут урдук талааннаах айымньылара ити литература уоскуур бо5о акылаата буолбуттара, кини инникитин сайдар тосхолун ыйбыттара. 1917 сыллаахха муус устарга суруйбут «УлэЬит ырыата» диэн биир бастакы хоЬооно. Ити эhиилигэр, гражданскай сэрии са5ана, 1919 сыллаахха,
Томскай губерниятыгар Колчак былааhынан сыылка5а утаарыллан, олор- тиллэр муччургэнигэр сылдьан, уйэлээх сааhын утуо до5оругар Максим Кирович Аммосовка «Син биир буолбаат » диэн аатырбыт хоhоонун анаабыта. -3- Кини суурбэhис сылларга – айар улэтэ угэннээн сайдыбыт кэмигэр – бары жанрдарга урдук талааннаахтык суруйбут айымньыларыгар («Уруйа улааттын», «Былааhы – Совекка», «Анда5ар», «Кэлэр кэскил ырыата», «Оруол кэриэhэ», «Бастын бар5а баhыыба» уо.д.а. угус хоhооноругар,
«Кыhыл ойуун» диэн олонхо тойугар, «Большевик» диэн драматыгар, «Олох дуу? Туул дуу?», «Иирбит Ньукуус» диэн кэпсээннэригэр, публицистическай ыстатыцаларыгар) Российскай Империя бары норуоттарын колониальнай сыаптартан босхолообут, байдар батталларын – ата5астабылларын суох онорбут Октябрьская революция кыайыытын айхаллаабыта, дьаданы дьон Советскай былааЬы олохтуур иЬин хорсун быЬыыларын уруйдаан ойуулаабыта.
Октябрь инниттэн революционнай охсуhууну ааспыт, советскай былаас маннайгы сылларыттан Республика биир салайааччыта буолбут, политическай олох оргуйар киинигэр сылдьыбыт, партия уонна Советтар угус съезтэрин, Конференцияларын кыттыылаа5а, киэн эйгэлээх, дирин билиилээх, урдук культуралаах П.А.Ойуунускай оччотоо5у Политбюро генеральнай линията дьиннээх ленинскай суолтан туораабытын букатын ойдообото5о буолуо диэххэ кэрэгэй. Итинник санаан кордоххо, холобура, Багдарыын Сулбэ П.А.Ойуунускай «Александр Македонскай» диэн кэпсээнин туhунан саба5алааhына син оруннаах буолуон соп. Бу кэпсээнин суруйааччы алдьархайдаах 1937 сыллаахха «Кыым» хаЬыакка бэчээттэппитэ. -4- Поэт, прозаик, драматург, публицист П.А.Ойуунускай литературнай айымньыта элбэх эгэлгэ коруннээх, угус онноох – дьуЬуннээх этэ. Кинини, холобура, политика5а анаммыт дарбааннаах поэзия автордарын эрэ курдук саныахха сатаммат. Общественнай олох темаларыгар анаммыт сыты – кылыс тыллаах ырыаларын – хоhоонорун
сэргэ кини сурэх – быар иэйиитин, ой – сана дэгэтин нарыннык – намчытык этэр лирик этэ. Кини «До5орбор Сокуучэ5э», «Муора», «Крым», «Туйаара туойбута» уо.д.а. суруйуулара айыл5а кэрэтин, таптал кууhун хоhуйуу бастын холобурдарынан буолаллар. П.А. Ойуунускай, фольклорнай сюжеттарга оло5уран, уоhэ ахтыллыбыт «Кыhыл Ойуунтан» ураты, хас да бодон прозаическай айымньыны суруйбута.
Олортон саамай улаханнарыгар, «Улуу Куданса» диэн сэhэнигэр, кини «ус Саха уоскуон, туорт Саха толколонуон» туhугар сир – халлаан уйэ тухары олохсуйбут ыйаахтарын утары барбыт модун санаалаах, куустээх ойдоох Улуу Куданса суду трагическай обраhынан айбыта. П.А. Ойуунускай саамай – саамай со5умэр суду улэтинэн Саха олонхотун хомуйан, тумэн, суумэрдээн суруйуута буолар.
Аан бастаан кини олонхоттон кыра лоскуйу ылан, «Туйаарыма Куо» диэн ааттаан суруйбутун Саха театра 1928 сыллаахха олунньу 18 кунугэр кордорбутэ. -5- 1930 сыллаахха Платон Алексеевич «Тунал5аннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо» диэн ус оонньуулаах олонхо – драманы суруйан бутэрбитэ. Ол «Дьулуруйар Ньургун Боотур» диэн олонхо, сцена5а оонньуурга анаан, кылгатан оноЬуллубут корунэ этэ.
Сонно тута кэриэтэ «Тунал5аннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо» театрга туруоруллуутун норуот бутуннуутэ со5он – махтайан, уруйдаан корсубутэ. Платон Алексеевич, республика салалтатыгар олорон, А.Е.Кулаковскайы улахан убай туттан, урдук аатыгар оруутун сугуруйэн, улэтигэр, оло5ор – дьаЬа5ар куhэ – кыа5а тиийэринэн бары оттунэн комолоспутэ. 1924 сыллаахха урун бандьыыттартан курэнэн, хоту быстаран хаалбыт Кулаковскайы, харчы ыытан убулээн, правительство аатыттан ынырбыта, Дьокуускайга кэлбитин кэннэ кинини угус оруттээх общественнай, научнай, педагогическай улэлэргэ кытыарбыта. 1918 сыллаахха П.А.Ойуунускай – Саха сиригэр советскай былааЬы тэрийиигэ Центросибирь комиссиятын баЬылыга, 1921 сылтан губревком председателэ, Автономнай Республика тэриллиэ5иттэн бастаан Саха
АССР Совнаркомун, онтон быыстала суох Саха АССР Киин Ситэриилээх Комитетын председателэ, 1928 – 29 сылларга – уорэх уонна доруобуйа харыстабылын наркома, РК(б)П Х съеЬин делегата. Иккис, уhус ынырыылаах ССРС Киин Ситэриилээх Комитеттарын чилиэнэ. Х1 Советтар Бутун Россиятаа5ы, П Бутун -6- Союзтаа5ы съезтэрин делегата.
Партия Саха губерниятаа5ы комитетын уонна обкомун бюротун чилиэнэ уо.д.а. Отутус сыллар хара дьайдаах репрессиялара П.А.Ойуунускайы тумнубатахтара… Сэллигинэн ыараханнык ыалдьа сылдьар поэт хаайыыга да сытан хоhоон суруйарын уураппата5а. Поэт айымньытын хаайыытаа5ы циклын бутэЬик хоhоонунан «Туох иhин » диэн сурэх кыланыыта буолбутун инчэ5эй эттээх эрэ барыта ойдуон соп… Платон Алексеевич Ойуунускай сырдык тына 1939 сыллаахха алтынньы ый 31
кунугэр быстыбыта. Кини олбутун хаайыы бутуннуутэ билэн болдьоммут кэмнэ туун уоЬугэр «Реквием» ыллаабыта… П.А.Ойуунускай бэйэтин урдук толкотун бэрт эрдэ сэрэйбитэ. Оссо 1917 сыллаахха ахсынньы 27 кунугэр, до5оругар М.К.Аммосовка суругар маннык бэлиэ тыллары эппиттээх: «Народ, имеющий свою будущность, поймет нас, если не при нас, то в будущем, и по адресу нашему скажет: «Дорогие граждане!
Вы были и работали за нас. Спасибо Вам!». П.А.Ойуунускай аатын Саха акдемическай театра (кини аата театрга 1934 сыллаахха кулун тутар 28 кунугэр инэриллибитэ) уонна Дьокуускай куорат биир уулуссата сугэллэр. 1966 сыллаахха Саха АССР Министрдэрин Совета П.А.Ойуунускай аатынан литература5а, искусство5а уонна архитектура5а Государственнай премияны олохтообута.
Заключение:
Использованная Литература: http://5ballov.Qip.ru