Автор работы: Пользователь скрыл имя, 26 Января 2013 в 11:32, курсовая работа
Улэ актуальноґа. Саха литературатыгар 1930-с сыллардаахтан прозаик-дьахталлар баар буолбуттара: А.Неустроева, К. Платонова, В. Давыдова. Кинилэр кэпсээннэрин о5олорго анаан суруйбуттара. Онтон 1960 – 70-с сыллардаахха А. Сыромятникова, В. Гаврильева курдук туспа суоллаах – иистээх прозаиктар литература5а киирбиттэрэ уонна тута аа5ааччы сэІээриитин ылбыттара. Прозаик дьахталлар айар улэлэрин, чуолаан А. Сыромятникова, В. Гаврильева айымньыларын, чинчийбиттэрэ В. Б. Окорокова, Н. З. Копырин, Д. Т. Бурцев, М.Г. Михайлова уо. д. а.
Киириитэ…………………………………………………………………………………………
I. Уус –уран литература µірэтиллиитэ
1.1. Проза саха литературатыгар оруола, сайдыыта…………………………………………………………………….
1.2. Гендер ійдібµлэ …………………………………………….
1.3. В. Гаврильева сэґэннэрин гендер………… хайысхатынан чинчийии……………………………………………………………
1.4. В. Гаврильева cэґэнигэр уус–уран ньыма керуІэ…………………………………………………………………………………………
1.5. В. Гаврильева прозатыгар дьахталлар дьыл±алара, айымньы проблематиката………………………………………………………………………………
II. Валентина Гаврильева сэґэннэрин тематиката ………………………
2.1. В.Гаврильева сэґэннэрин гендер быґыытынан тэІнэбил……………………………………………………………………………………………
2.2. В. Гаврильева сэґэннэрин геройдарын образтара………………………………………………………………………………………..
2. 3. Сэґэн жанрын уратыта………………………….
Тµмµк…………………………………………………………………………………………..
Туґаныллыбыт литература……………………………………………………………
Сыґыарыы…………………………………………………………………………………….
60 –с сс. Нуучча литературатыгар В. Шукшин «Чудик» диэн ааттаммыт обраґа сонун кістµµ буолбута. Кини ис дууґатын эйгэтинэн олорор киґи хабыр олох тыйыс сокуоннарыгар ыарыылаахтык кэтиллиитин кірдірбµтэ. Ол курдук саха литературатыгар В. Гаврильева «акаары» геройдарынан соґутан, эмиэ µгµс міккµірдэри µіскэппитэ. В. Гаврильева «акаары» геройдара практицизмы, мещанствоны, вещизмы, олоххо материальнай эрэ интириэґи ірі тутууну утары охсуспуттара, бэйэлэрин кэрэ ис эйгэлэрин харыстаан турууласпыттара да, оччотоо±у олох кістµµлэрин кимиэллээх киириитигэр кыайтарбыттара. В. Гаврильева «акаары» геройдара барылара да5аны айар интеллегенцияны, искусство дьонугар сыґыаннаахтара эмиэ ол курдук ійдінір. Маннык дьон биґиги обществовытыгар суох, суруйааччы ар5ааІІы сабыдыалга о±устарбыт диэччилэр эмиэ бааллара. Оттон Н. Копырин маннык бэлиэтээн турар: «Литература тіьі сайдар да, соччонон стиль, форма іттунэн байан иґэр. Суруйуу техниката бэйэтэ буруйа суох, кинини хайдах туґанартан дьыала тутулуктаах» [8, 21].
1.4. В. Гаврильева сэґэннэригэр уус – уран ньыма кірµІэ
Литература тіґі сайдар да, соччонон стиль, форма іттунэн байан иґэр. Реализм хас биирдии бідіІ суруйаачы бэйэтэ туспа суоллаах – истээх , стиллээх буолар. Личность уларыйан , ійі – санаата кэІээн, сайдан иґиитэ литература±а сабыдыаллаабат. Ол иґин сайдыылаах социалистическай общество±а коммунистическай майгылаах - сигилилээх саІа киґи µіскµµрµгэр личность тас деятельноьынан муІурдаммакка, кини тус бэйэтин оло±ор, психологиятыгар дириІээн киирэр айымньылар, киґи хаалынньаІ быґыыларын, итэ±эстэрин саралыыр уустук условнай формалаах сатирическай да айымньылар µіскµµлллэрэ закономернай, наадалаах.
Саха прозатыгар лирическай сµµрээн эмиэ 60-с сыллартаан биллэн эрэрэ, киґи хара±ар быра±ыллар этэ диэххэ сеп. Ол биир ча±ылхай представителэ Валентина Гаврильева « ХатыІчааным барахсан» ( 1968 с.) дин маІнайгы кинигэтин о±олуу сырдык иэйиилээх кэпсээннэригэр билиІІи тыа сирин оло±о бэрт сонуннук арыллыбыта. Эдэр автор хас биирдии кыракый кэпсээннэрэ кэрэ лирическэй ырыа курдуктара, оннук поэтическай ырыа курдуктара, оннук поэтичнайдара, истиІнэрэ. Кэпсээннэри аа5а – аа5а « биґиги µіскээбит сирбит µтµі сир эбит, биґиги бииргэ буккуґан µµммµт дьоннорбут µтµі да дьоннор эбиттэр, мин баччааІІа диэри кинилэри µчµгэйдик іссі да билбэт эбиппин», - диэх санааІ кэлэр уонна бу саІа талааны ким – хайа иннинэ таба кірін, кини бастакы кинигэтигэр аан тыл этэн, ал5аан атаарбыт а±а суруйааччыга, Софрон Даниловка, махтана саныыгын. Валентина Гаврильева биґиэхэ, аа±ааччыларга, урут ким да истибэтэ±ин, кірбіті±µн, санаабата±ын этиэ, биґиэхэ элбэхтэн элбэх µтµінµ, кэрэни, кылаабнайа кырдьыгы кэпсиэ дии саныыбын. [2,107]
Валентина Гаврильева биир саамай бастыІ сэґэннэрэ «Уот Дьулустаан» , «Ибрагим кырдьа5ас…» диэн сэґэннэргэ уонна «Кыґыл бэргэґэчээн…» диэн кэпсээІІэ автор саІа хаарга бастакы ыллык тэлэргэ» дьулуґара, ол эрээри кинилэргэ элбэх ійдімміт миэстэлэр бааллара бэлиэтэммитэ. Оттон «Ділµґµін уга», «Харабыл», «О5о саас» диэн кэпсээннэр биґирэммиттэрэ. Суруйааччы «кырдьыгы ис іттун іІійін іті кірірі итиэннэ бэйэтин дууґатынан эргитэн арыйара», маннык хабаантан суруйуу аа5ааччыга дьайар кµµґэ хай5аммыта. Биир бастыІ «Суол» диэн хомуурунньугар тохтоотоххо . Хоомуурунньукка киирбит сэґэннэртэн кірдіххе, суруйааччы монологы улам дэлэгэйдик тут тар буолан эрэр эбит. «Кµґµн таптала» университет µґµс курсун студенката Аана Чокуруоба дьµігэтин кэргэнин «арааран эрэрин» туґунан комсомольскай мунньахха дьµµллэнэн баран уопсай дьиэ±э кэлэн оронугар сытан, саныыр, эрэйдэнэр.
Кыыс санаата – оноото дьиІнээх илэ бэйэтинэн туґэрэн ылбыт курдук бэриллэр. Айымньыга автор орооспот, автор букатын сµтэн хаалбыт курдук. Ырыа музыкалаа±ын курдук, кыыс санаата, Лукерья диэн кутуруга быстыбыт куосканан уонна таґырдьа тойон турар чороІ со±отох талах «кыыкыныыр, ыйылыыр. Тыал дуу? Суох, тыал буолбатах, талах… Чахчы туох эрэ ыйылыыр. Аа дьэ биллим, ити Лукерья кутуруга буолуохтаах…» Аана Чокуруоба сытан эрэн ону – маны элбэ±и эргитэ саныыр. Ааспыт , о5о саас µірµµтэ, хомолтото , сэрии кытаанах сыллара, Айтаны кытта бастаан билсии – барыта бииртэн биир субу бардыы элэІнээн ааґаллар. Аана саныыр санаатыттан билэбит, эрбин иирдэр дин, кинини µІсµбµт Айта хайдах киґи эбитин.
Таґыттан кірдіххі – Айта µтµікэн киґи, µірэ±эр олус кыґаллар. Биир бастыІ студентка. Кэлин аспирантура±а киирэр былааннаах. Ол гынан баран, кини дьиІ иґин биллэххэ бэйэмсэх эбит, кыра эрдэ±иттэн иитиллэн кэлбит ол быґыыта кэлин мµлµрµйµіхтээ±эр эбии сэтэрбит. Кини киґиттэн ордуон ба±арара уонна «Киґи сµрэ±ин куруубайдык бааґырдары ірµµ сатыыр». Онон киґи тіґі µірэ±ирэрэ да, соччонон майгыта мэлдьи тупсар буолбатах эбит, тіптірµтµн сатарыйар.
Аана, Айта икки сыґыаннара олус оннук судургу буолбатах. Аана майгыта барыта мэлдьи µчµгэй диэбэккин. Кини Айта±а иэстэґэрдии сыґыаннаґыытын, Айта кэргэнигэр Миша±а µтµімсµйэн уол бол±омтотун бэйэтигэр тардардыы быґыыланыытын ылымаккын. Ол эрээри Айтатаа±ар, Аананы ордоро±ун. Аана Айта±а холуйдахха – кіні, судургу, суобастаах кыыс. Бу сэґэни аа5ан баран « киґи эриэнэ – иґигэр» диэн этии дириІ номо±ун іссі µчµгэйдик ійдµµгµн.
«Акаары дьахтар туґунан кыра сэґэн», омос иґиттэххэ, дьиибэ ааттаах айымньы. Ол эрээри ити «Акаары дьахтар» диэн сирэйинэн буолбакка, тэгилитэн ійдµµргэ этиллибит дии саныыбын. То±о диэтэххэ, айымньы сµрµн геройа Даша тіґі да отуччата буолуор диэри кµннээ±и кыґал±аны, иирбэни – таарбаны билбэккэ олорон кэлбитин, оло±у кинигэнэн ійдµµрµн, мас кінітµн, о±олуу санаалаа±ын иґин, кини оннук киґи адьас акаары диир дьахтара буолбатах.
Даайа совхоз биир учаастагар библиотекардыыр. Кэргэнэ управляющай. ЧороІ со±отох кыыстаахтар. Даайа олоххо практичнайа суох, барыны – бары о±олуу судургутук ійдµµр. Ол иґин тугу эмэ ыйытта±ына кэргэнэ Сµідэр: «Акаары дьахтар баара», - диир µгэстэммит. Табаарыстара да±аны кэпсэтии быыґыгар оонньуу – кµлэ « бачча сааскар диэри акаарыгын да…» - дэтэлиир тубэлтэлээхтэр. Ханна да барбат – кэлбэт, дьиэтигэр уонна библиотека хоґугар чункуйар дьахтар туой ону – маны санаан тахсар. Ол иґигэр оло±ун устатыгар кими – кими билсибитин, таптаабытын, оло±о хайдах салаллыбытын, то±о кини туґугар «акаары» диэн тыл µгµстµк туттулларын ырытар.
Даайа тугу да сатаабатын, холуґун бэйэтэ да билэр уонна улэлиэ±ин – хамныа±ын, дьоІІо туох эмэ туґалаа±ы оІоруо±ун ба±арар. Арай киниэхэ субэлиир – амалыыр, кіміліґір киьи бара биллибэт. Оттон Сµідэрэ сымна5ас, µлэттэн атыны билбэт киґи курдук эрээри, Дайаатын албынныыры сатыыр. Уонна уопсайынан да±аны салайааччы оруолун кини кыара±астык ійдµµр эбит. Даайа тµµл курдук оло±уттан дьэ тілірµйэргэ, дьиІнээх оло±у олорорго сананар да, хайаґыа биллибэт.
Айымньыны баґыттан ата±ар диэри герой, персонаж монологынан суруйуу саха прозатыгар сонун кістµµ буолар. Монолог урут олох туттуллубат этэ дэммэт буолан баран, маннык аІардас герой тус сµрэ±ин иэйиитинэн, дэбигэс этиллибэт ис кистэлэІ санаатынан дьон оло±ун, бэйэ – бэйэтигэр сыьыаннарын, туох баар тігµрµктµµр эйгэни тыктаран кірдірір сэґэннэр урут саха литерауратыгар баалларын билбэппит.
Суруйуу ити биир быстах ньыматын модернистар уонна реалистар адьаґын атын атыннык тутталлар. Јскі ити ньыманан туґанан модернистар олохтон куттаныыны, киґиттэн, киґи ійµттэн кэлэйиини, санаа тµґµµтµн, ілµµнµ – алдьархайы айхаллыыр буоллахтарына, реалистар, тіттірµ, киґи ійµн – санаатын, дууґатын дириІник арыйарга, киґини, оло±у уруйдуурга ити ньыманы тутталлар. Суруйуу техниката бэйэтэ буруйа суох, кинини хайдах туґанартан дьыала тутулуктаах дииллэр литератураны чинчийээччилэр. Модернистар аа5аччы кыайан уутун – аанын булбут гына, ортолуу ійі хамсаабыт киґи тµІ – таІ улугунэйиитигэр майгыннатан суруйар буоллахтарына, реалистар киґи ис санаатын, ис психологическай туруга араастан уларыйыытын бэрээдэктээн, чуолкай, кимиэхэ ба±арар ійдінір гына ойуулууллар. Валентина Гаврильева эмиэ оннук ойуулуур.
Онон, биґиги санаабытыгар, Валентина Гаврильева саха прозатыгар саІа сµµрээни киллэрэр, кини билиІІи кэми, билиІІи кэм дьонун ис кистэлэІ, сурэх – быар ыарыыта оІостубут санааларын арыйар лирическай кэпсээннэрэ, сытыы конфликтах монологическай сэґэннэрэ аа±ааччыга сонуннук кістіллір [2,109].
1.5. Валентина Гаврильева прозатыгар дьахталлар образтара, айымньы проблематиката
«Дьахтар боппуруоґа» диэн ааттаммыт проблема билигин да±аны биґиги обществовытыгар сытыытык турара биллэр. Саха кыыьын, дьахтарын дьыл±ата, били «ууга туспуттэри быыґааґын тимирээччилэр бэйэлэрин дьыалалара» диэбиккэ дылы буолбакка, бµттµµн норуот ыалдьар боппуруоґа буолуохтаах. Дьахтар балаґыанньатынан общество сайдыытын таґымын быґаарыахха сіп диэн дэлэ±э этиэхтэрэ дуо. Оттон литература, общество ійун –санаатын хамсатар, сайыннарар кµµс быґыытынан, манна бэйэтин кылаатын киллэрэрэ чуолкай. Саха литературата дьахтар тематын хайа да литературатаа±ар сытыытык уонна утумнаахтык тыктарбыта. Ол биґиэхэ дьахтар балаґыанньата ыарахан туруктаа±ыттан тахсыбыта биллэр. Ол эрээри Илин эІэргэ дьахтар балаґыанньата іссі ыарахан этэ. Оттон критик Аш Назим революция иннигэр Азербайджан литература дьахтар балаґыанньатын арыйыахтаа±ар, кинини литература геройа гынан киллэрэри да наадалаа±ынан аахпат этэ диэн эппиттээх. Баттаныы, ата±астаныы диэн олоххо эрэ буолбатах, онноо5ор уус – уран литература±а тиийэ кэлэрэ эмиэ баар эбит. Саха литературата хайа µіскµі±µттэн дьахтар тематыгар улахан бол±омтотун уурбута. Саха дьахталларын, проблемаларын ырыппыт сурйааччынан буолар саха литературатын білµґµік суруйааччыта А.Е. Кулаковскай. [3, 36]
Дьахтар психологиятын кистэлэІнэрин В. Гаврильева кэпсээннэригэр, сэґэннэригэр кірдірбµтэ. Дьахтар тапталга сыґыана уратытын, психологията атынын ордук Даайа, Аана характердарыгар кірібµт. В.Гаврильева сэґэннэрэ ис хоґоон уонна форма да іттµнэн табыллан ыпсыйбыт айымньылар. Ол курдук монологунан айымньыларга дьахтар ис дууґатыгар тахсар хамсааґыннар, кини санааларын тохтоло суох биир курус кутуллуулара сатабыллаахтык арыллыбыттара. «Ділµьµін уга» хатыылаа±ын курдук, дьиІнээх олох кини «оІорон кірір» оло±унаа±ар быдан кэрэтин ійдµµр. Аана Даайаттан олох атын характер. Ол эрээри кинилэр чугасыґар ірµттэринэн баай, кэрэ дууґалаахтара, олоххо ыраас сыґыаннаахтара буолар, В.Гаврильева киґи дууґатыгар – ійµгэр барар, ардыгар кыайан да быґаарыллыбат, ійдімміт тугэннэр буолалларын кірдірбµтэ литература±а сонун кістµµ буолбута. Нуучча литературатыгар ити этиллэр «подсознательное» диэн кістµµнµ чинчийии Толстойга, Достоевскайга эрэ кыайтарар этэ диэн бэлиэтииллэр. Суруйааччы 70-с сыллар µіскэппит баайга – дуолга, малга – салга, µпкэ – харчыга сугуруйэр, µрдµк, кэрэ хаачыстыбаларын сµтэрбит кілµінэни ылыммат санаатын сытыытык кірдірбµтэ. Кини идеалынан 50-с сыллардаах, олоххо романтическай кірµµлэрдээх – сыґыаннаах кілµінэ буолбута айымньыларыгар эмиэ кістір. В.Гаврильева уус – уран оІоґууга айымньы проблемаларын арыйарга кµлµµс буолбуттара [3, 45].
Ол курдук Валентина Гаврильева сонун тутуллаах, персо нажтардаах сэґэннэринэн айымньылара буолбуттара. Кини психологическай ойуулааґыннара герой тус бэйэтин дууґатын мучумааннарын сиґилии арыйыыларга оло±ураллар. Онон киґи санаата, тулалыыр дьон олохторун, сиэрдэрин – майгыларын тэІнээн, сыымайдаан анаарыыта чопчу биир социальнай эйгэ уратытын уус – ураннык сыаналыырга тоґо±остоохтук сиґилэнэллэр. Сэґэннэр сюжеттара сµрµн персонаж санаатын эбэтэр оло±ун тµгэннэрин быстах – быстахтык ойуулааґыІІа сайдаллар. Бу айымньыларга автор социальнай проблемалары саІалыы туруорарга дьулуспута: сэрии кэннинээ±и сылларга тыа дьонун ыарахан оло±ун, тиийиммэт – тугэммэт ыал муІура суох бµппэт тµбµгµнэн тус оло±ун ітірµнэн чэпчэтэр кыа±а суо±ун туґунан санааны ( «Кµґµн таптала»); а±а кілµінэ сырдык эрэлэ сиэр – майгы іттµнэн куруук тіттірµ баран иґэр курдук мунаах проблематын ( « Суол» ); кµннээ±инэн, баарынан ылыныыга олох араас кэнэн кісµµлэрэ, маІнай сыаналааґыІІа, бэйэни албыннаныы курдук эрээри, ис дьиІэр киґи ыраас санаатыттан тахсар тµгэннэргэ тэІнэґиилэрин (« Акаары дьахтар туґунан кыра сэґэн»). Ол тµмµгэр эдэр суруйааччы, уобарастары уратытык наардаан, аа±ааччы да, биир идэлээхтэрин да бол5омтолорун тардыбыта. Манна метафорическай суолталаах соґуччу ымпыктара (деталь) киириилэрэ айымньыга сиэр – майгы проблематын кытта ситимнэґэр. Холобур, маІнайгы сэґэІІэ Аана санаа баттыгаґа гынар мунаарыылара Айтаны улаханнык долгуппуттарын таайтарардыы кутуруга быстыбыт Лукерья куоска ахтыллар. Бу деталь бэйэтин дууґатын мучумааннарыгар олус хасыґар, ааґан хаалбыты, уларытар кыах суох эрээри, куруук ійдµµ – саныы сылдьар Аана5а да сыґыаннаахтык ылыныллыан сіптііх. Бу сэґэннэргэ персонажтар «омсолоох – биґирэбиллээх» диэн ааттанар хайысхаларынан эмиэ сонуннарын бэлиэтиир то±оостоох. Ол эбэтэр, дьиІ иґигэр киирдэххэ, 1960 – 1970 –с сылларга традиционнай курдук ійдінір биґирэбиллээх персонажтар манна оло±у «хамсатар кыахтара суо±а» уратытык таайтарыллар диэххэ сіп. Холобур, Айта да, Даайа да олус чиэґинэй, ыраас дууґалаах дьон эрээри, олоххо кірсір моґоллору кыайар кыахтара суох, бэйэлэрин кэминээ±и социальнай эйгэни толору ійдµµр кыахтара эмиэ олус сэмэй. Ол иґин кинилэри «пассивнай тииптэринэн» ааттыр табыгастаах. Оттон кинилэргэ утары тутуллар персонажтар дьиІ иґигэр биґирэбиллээх уобарастар буолбатахтар. Валетина Гаврильева, ити іттунэн, сэґэІІэ сонун проблемалары туруорар: наар µтµі ій – санаа, сиэр – майгы уонна дьиІнээх олох кістµµлэрэ атын – атын ис хоґооннонор кыахтаахтарынан сиэттэрэн, кини «биґирэбиллээх буолуохтаах» персонажтары «омсолоох буолуохтаах» тииптэр кµлµктµµллэрин итэ±этиилээх уус – уран хартыына оІорон арыйары ситиґэр : персонаж саныыр санаатын сиґилии эридьиэстээн, тулалыыр общественнай эйгэни сыаналааґыІІа «сіптііх – сыыґалаах» ійдібµллэр ис дьиІнэрин олох судургу хартыыналарынан дириІэтэр суолу тутуґар.